Далаана - Билэбин (Бонус трек) текст песни

Текст песни Билэбин (Бонус трек) - Далаана



Мин бүгүн кыайан эппэппин биири,
Ол эрэн санаам туйуллар түүнэ.
Харана былыт үөһээ халлааҥҥа,
Соҕотох ардыырын көрөбүн.
Мин эмиэ кини курдук ытыахпын,
Харах уутун тоҕон сонньуйуохпун.
Туох эрэ туйа тутар билигин,
Аттыбар эн суоҕуҥ куруһун...
Билэбин, иккиэн ыллык устун хаампаппыт,
Билэбин, биһиги суолбут кыайан холбоспот,
Билэбин, санньыар ырыаҕыҥ туойаргар,
Мин сырдык мөссүөммүн хараххар көрөргүн.
Тоҕо мин эйиэхэ эрэл кыымын
Бэлэхтээн биэрбит быстах быһыыбын,
Ардыгар уйадыйар иэйиибэр
Тулуйан хоһуйан ылларбын?
Олохпор ыксаллаах ыраларбын
Түмэммин эйиэхэ тиийдэрбин мин.
Букатын илдьэ хаалыах тустааххын,
Сүрэҕим сөпсүһүөн кыаҕа суох.
Билэбин, иккиэн ыллык устун хаампаппыт,
Билэбин, биһиги суолбут кыайан холбоспот,
Билэбин, санньыар ырыаҕыҥ туойаргар,
Мин сырдык мөссүөммүн хараххар көрөргүн.
Билэбин, иккиэн ыллык устун хаампаппыт,
Билэбин, биһиги суолбут кыайан холбоспот,
Билэбин, санньыар ырыаҕыҥ туойаргар,
Мин сырдык мөссүөммүн хараххар көрөргүн.




Далаана - Дьол Амтана (Делюкс версия)
Альбом Дьол Амтана (Делюкс версия)
дата релиза
14-10-2013

1 Дьол амтана
2 Сана киhи кэлиитэ
3 Чэмэлиинэ
4 Дьол ырата
5 Дьокуускайга хаар
6 Сана дьыл
7 Билиниэм этэ
8 Эн суолун мин олохпор
9 Сергутэр телен
10 Урдук киhим
11 Таптал
12 Уоллаах кыыс
13 Ийэ сиргэ кыыс анала
14 Сайылыкка сынньалан
15 Мин дойдум Сахам Сирэ
16 Маннайгы таптал
17 А5ам кэриэс тыла
18 Булчут кэргэнин ырыата
19 Мин ырыам илдьитэ
20 Маарынныыр Эбиппин (Бонус трек)
21 Бу Киэhэ5э (Бонус трек)
22 Билэбин (Бонус трек)
23 Таптыыбын (Бонус трек)
24 Нарыйа Кыыс (Бонус трек)
25 Дьуегэбэр (Бонус трек)




Внимание! Не стесняйтесь оставлять отзывы.