Ali Broo - Бириэмэ уларыйар - prod. by retreat Lyrics

Lyrics Бириэмэ уларыйар - prod. by retreat - Ali Broo



Бириэмэ уларыйар, элбэҕи хамсатар
Доҕоттор диэбиттэрим, тоҕо кэлэтэллэр?
Элбэҕи эрэннэрэн, төттөрү кэлбэттэр
Улаатар саас, олоххор дьикти саас
Буккуллан - мунньуллан бүтэһигэр өйдөтүө
Улахан аҥаарыгар, бэйэм тиийэн өйдүөм
Кыратык сааһылаан дьикти түүлбүн түүһүөм
Баҕардар онно булуоҕум олоҕум эппиэттэрин
Бэйэм билэбин
Сыыһам элбэҕин
Онно иҥнэммин
Олорбоппун мин
Олох хартыына
Араас хардыылар
Күнтэн күн элбэҕи биэрэр даҕаны, мин ааһабын
Кэннибин көрбөккөбүн (көрбөккөбүн)
Уруккубун умуннум (мин умуннум)
Иннибэр мин барабын
Мин эрэллэхпин
Испэр күүстээхпин
Быыһыгар буккуллан - тэккиллэн
Ол кэннэ, эргиллэн кэлэн
Олох араас түбэлтэтигэр түбэһэн
Түгэннэр
Онтон мин ахтабын, урукку бэйэбин
Дьиэ - кэргэммин
Бииргэ үөрэммиттэрбин
Маҥнайгы учууталбын (но)
Бириэмэ уларыйар
Уларыйар (уларыйар)
Кыайан төннүбэттэр ол күннэр (күннэр)
Хаалбыттара остуоруйабар
Бириэмэ уларыйар
Уларыйар уларыйар (уларыйар)
Олохпут эмиэ (эмиэ)
Биһиги эмиэ, уларыйабыт (по)
Бириэмэ уларыйар, элбэҕи хамсатар
Доҕоттор диэбиттэрим, тоҕо кэлэтэллэр?
Элбэҕи эрэннэрэн, төттөрү кэлбэттэр
Улаатар саас, олоххор дьикти саас
Буккуллан - мунньуллан бүтэһигэр өйдөтүө
Улахан аҥаарыгар, бэйэм тиийэн өйдүөм
Кыратык сааһылаан дьикти түүлбүн түүһүөм
Баҕардар онно булуоҕум олоҕум эппиэттэрин




Ali Broo - Бириэмэ Уларыйар (Prod. By Retreat) - Single




Attention! Feel free to leave feedback.